Новости | АЭБ
  • Кредиты
  • Ипотека
  • Вклады
  • Карты
  • Транспортные карты
  • Услуги
  • Акции
  • Ещё
  • Транспортные карты
  • Услуги
  • Акции
  • Ещё
  • Приём платежей
  • Кредиты
  • Услуги
  • Депозиты и инвестиции
  • Карты
  • Ещё
  • Кредиты
  • Услуги
  • Депозиты и инвестиции
  • Карты
  • Ещё
  • О Банке
  • Корпоративное управление
  • Акции
  • Обязательное раскрытие информации
  • Обязательное
    раскрытие
    информации
Интернет-банк

Мобильное приложение «АЭБ Онлайн»

Для быстрого доступа ко всем услугам банка, просто отсканируйте QR-код с помощью своего смартфона

АЭБ Бизнес

Мобильное приложение «АЭБ Бизнес»

Для быстрого доступа ко всем услугам банка, просто отсканируйте QR-код с помощью своего смартфона


30 Декабря 2022

Сардаана Тимофеева: "Саҥа Дьылы саҥа дьиэҕэ көрсөргө бэлэмнэнэбит"

Икки оҕолоох Тимофеевтар дьиэ кэргэн саҥа дьиэлэрин тутуута бу күһүн түмүктэнэн Саҥа Дьылы саҥа дьиэҕэ көрсөөрү түбүгүрэллэр. Сардаана уонна Дмитрий Ньурба куоратыгар иккиэн доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлииллэр. Ыал аҕата реабилитационнай кииҥҥэ эмтиир физкультура инструктора, онтон ийэлэрэ аптекаҕа провизорынан үлэлиир. Эдэр ыал хайдах толору хааччыллыылаах чааһынай дьиэ туттубутун, туох уустуктары көрсүбүтүн туһунан Сардаана Тимофеева санаатын үллэһиннэ.

Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотека

Уһук Илиҥҥи ипотека туһунан биһиги аан бастаан 2019 сылга, бырагыраама саҥа үлэлээн саҕалаабытыгар истибиппит. Эдэр ыал чааһынай дьиэ туттарыгар эбэтэр саҥа тутуллубут дьэҕэ квартира атыылаһарыгар кыра бырыһыаннаах ипотека биэрэр үчүгэй баҕайы судаарыстыбаннай бырагыраамма көрүллүбүт диэн олус сэҥээрбиппит. Биһиги бэйэбит элбэх квартиралаах эргэ мас дьиэҕэ олорор этибит. Эмиэ ол сылга учаастак атыылааспыппыт уонна сыыйа-баайа чааһынай дьиэ туттан көһүөхпүтүн баҕаран ипотека көрдөөн саҕалаабыппыт. 2020 сылга биир бөдөҥ баантан ыйыталаспыппыт даҕаны тоҕо эрэ табыллыбатаҕа. Онтон кэлэр сылыгар бэйэбит бааммытыттан Алмазэргиэнбаантан ыйытан көрүөххэ диэн буолбута. Дөкүмүөммүтүн сүүрэн-көтөн, барытын ситиспиппитин кэннэ атырдьах ыйыгар баантан сөбүлэҥ кэлбиттигэр дьэ биһиги үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппут. Ипотекабыт бастаан 2 бырыһыаннаах диэн этэ. Олохпутун страховкалаабыппытын кэннэ биир бырыһыаҥҥа диэри түспүтэ, болдьоҕо 15 сыл диэн. Ыйдааҕы төлөбүрбүт 20 тыһыынча солкуобай. Мин саныахпар бу сүүрэ-көтө сылдьар, үлэлиир эдэр ыалга ыарахан буолбатах. Ыйын ахсын 40 тыһыынчаны төлүүр курдук буолуо да. Алмазэргиэнбаан Ньурбатааҕы офиһын үлэһиттэригэр улахан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Бары элэккэй уонна эйэҕэс баҕайылар, барытын наһаа үчүгэйдик сүбэлээн-амалаан биэрбиттэрэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ олус чугастар эбит. Алмазэргиэнбааҥҥа өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын, үлэҕит өссө да үрдүү турдук, чаҕылхай чыпчааллары дабайыҥ, барыта этэҥҥэ буоллун! Үлэһиттэргитигэр кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Киһиэхэ саамай кылаабынайа доруобуйата буоллаҕа ди уоннааҕыта барыта баар буолар.

Дьиэ туттуута

Бааҥҥа сайаапка биэрэхпит да инниттэн дьонтон эргэ дьиэни атыылаһар туһунан олох толкуйдаабатахпыт. Мин саныахпар киһи уйатын бэйэтэ көрөн оҥостуохтаах, хайдах баҕарбытынан. Хас киэһэ ахсын үлэбиттэн кэллим даҕаны интернекка киирэн дьон хайдах дьиэни туттарын, араас интерьердары көрөр этим. Дьэ онтон Алмазэргиэнбаантан эппиэт кэлбитигэр тутатына дьиэ тутар дьону көрдөөн саҕалаабыппыт. Идэтийбит үчүгэй тутааччылары булар наһаа уустук дии санаабатаҕым. Тоҕо диэтэр дьүөгэлэрим бары үчүгэй баҕайытык күүс-көмө буолбуттара уонна Кирилл Иванов диэн үчүгэй баҕайытык турар, түргэн-тарҕан туттуулаах киһи баар диэн сүбэлээн биэрбиттэрэ. Кинини кытта көрсөн кэпсэппиппит уонна бэйэбит сөбүлүү көрөммүт, ылсар кыахтаах эбит диэн дьиэбит тутуутун эрэммиппит. 2021 сыл балаҕан ыйыгар дьиэбит акылаатын түһэрбиттэрэ уонна кыһыннары тутан киирэн барбыттара. Онтон ис үлэтэ бу сааскыттан саҕаланан алтынньы ый бүтүүтэ киирбиппит. Ый ортотугар доҕотторбутун, коллегаларбытын ыҥыртаан үчүгэй баҕайытык малааһыннаабыппыт. Киһи бөҕө сэргээбитэ дьиэбитин.


Чааһынай дьиэ түбүктэрэ

Квартираттан чааһынай дьиэҕэ көһөн олорор бастаан хайдах эрэ ыарахан баҕайы этэ. Толору автономнай буолан уугун-хааргын, оккун-маскын бэйэҥ дьаһынаҕын. Икки нэдиэлэ курдук эрэйи көрбүтүм. Дьиэбитигэр 1,8 кубтаах емкоһы туруоттаран уунан толорбуппут. Онтукабын бастакы нэдиэлэбэр аҕыйах күнүнэн бүтэрэн кэбиспитим. Быйыл сатаан киин ититэр ситимҥэ холбоммотох буоламмыт уотунан дьиэбитин сылыттан олоробут. Ити чааһыгар уопсай дьиэҕэ судургу этэ. Уу крантан кэлэ турар, септигы тустаах үлэһиттэр бэйэлэрэ кэлэн оботтороллор, отопление чааһыгар олох долгуйбаккын. Чааһынай дьиэҕэ арыый ыарахан, ол эрэн киһи түргэнник үөрэнэр эбит. Уубутун ыйга иккитэ куттара сатыыбыт, ол эрэн ардыгар нэдиэлэ ахсын буолан тахсар. Төлөбүрэ 800 солкуобай. Оттон уоппут чааһыгар арыый оросхуоттаах курдук. Балаҕан ыйтан дьиэбитин номнуо сылыттан саҕалаабыппыт. Ортотунан 9 тыһыынча солкуобай ааҕыллыбыта. Кыһын иэдэйэр эбиппит дии санаабыппыт. Алтынньыга уонна сэтинньигэ сарсыарда уонна киэһэ өттүгэр эбии тимир оһохпутун оттоммут икки ыйга холбоон уоппутугар эмиэ 9 тыһыынча төлөөбүппүт.

Салгынныын, тыынныын да ураты

Хата оруобуна сыана үрдүөн иннинэ барыта үчүгэй баҕайытык табыллан хаалла. Чааһынай дьиэҕэ көспүппүтүттэн олуһун диэн үөрэ сылдьабыт. Истиэнэ нөҥүө туора ыал суох, киэҥ-куоҥ, салгынныын, тыынныын да атын ураты буоллаҕа ди. Оҕолорго даҕаны үйүгэй, таһырдьа тиэргэҥҥэ тахсан оонньуулларыгар, сүүрэллэригэр-көтөллөрүгэр. Улахан уолбут уоннаах, оттон кырабыт биир саастаах бухатыыр. Иккиэн тус-туспа хостоохтор. Хоноһо кэллэҕинэ диэн бастакы этээскэ эмиэ туспа анал хостоохпут. Чааһынай дьиэҕэ көспүппүтүттэн саамай үөрбүттэрэ кэргэним. Кини билигин бэйэтэ уһаныан баҕара сылдьар. Уопсай дьиэҕэ уһаммат этэ. Онно олорон киһи туох уһанара баар буолуой, этэргэ дылы тоһоҕо эрэ саайыахха сөп. Манна кэлэн санаата арыллан, сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар. Саҥа дьиэҕэ көһүөхпүтун инниттэн: “дьэ киэһэ дьиэбэр кэллэхпинэ ону гыныам этэ, маны гыныам этэ”, - диирэ. Дьэ мантан кыһын дьиэ ис-тас үлэтигэр түбүгүрэбит. Дьэбитигэр кэллибит даҕаны үөрүүнү кытта бокуойа суох барабыт.

Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотека туһунан толору иһитиннэриини Алмазэргиэнбаан сайтыгар киирэн билсиэххитин сөп. Өскөтүн боппуруостаах буоллаххытына, төгүрүк суукка үлэлиир контакт-киин үлэһиттэрэ бары ыйытыкка хоруйдуурга бэлэмнэр. Төлөппүөн нүөмэрэ: 8-800-100-34-22.