Новости | АЭБ
Меню
27 Июня 2024

АЭБ «Сайдыыга мөлүйүөн» күрэҕин кыайыылаах барыайыага олоххо киирдэ

Бэс ыйын 26 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас 3-с Мэлдьэхси нэһилиэгэр тэриллэн турар «Сайдыс» оҕо сынньалаҥын уонна үлэ лааҕырыгар амфитеатр тутуллан олоххо киирдэ.

Бу сүүс олорор миэстэлээх амфитеатр «Алмаасэргиэнбаан» АУо «Сайдыыга мөлүйүөн» диэн бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу кыһын ыыппыт куонкуруһугар улуус олохтоохторун күргүөмнээх көмөтүнэн, өйөбүлүнэн кыайыыны ситиһэн оҥоһулунна.

Биир бастыҥ үлэлээх «Сайдыс» лааҕыр 2014 сыллаахха тэриллиэҕиттэн күн бүгүҥҥэ диэри Мэҥэ Хаҥалас улууһун оҕолорун хабан сайыҥҥы сынньалаҥнарын тэрийэр, үлэни таптыырга, үөрэҕи өрө тутарга үөрэтэр.

Бүгүн лааҕыр иитиллээччилэрэ, баһаатайдара өр кэмтэн ыралаабыт ыра санаалара туолан «Сияющие звезды» диэн быйылгы бастакы сезон айар талааннаах, дьоҕурдаах иитиллээччилэрэ эҕэрдэ кэнсиэрдэрин саҥа амфитеатрга көрдөрдүлэр.

Бу үөрүүлээх, бэлиэ күнүнэн оҕолору, лааҕыр үлэһиттэрин, мустубут бар дьону оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, «Алмаасэргиэнбаан» АУо бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Федор Ноговицын, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Михаил Петров, М.Е. Попов аатынан Аллараа Бэстээх 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ Филипп Стручков, «Сайдыс» лааҕыр салайааччыта Айна Попова эҕэрдэлээтилэр.

Уон сыл устата «Сайдыс» лааҕырга сайын аайы түөртүү араас тиэмэлээх сменанан 350 кэриҥэ оҕо хабыллан дьарыктанар, айар талааннарын көрдөрөллөр, маастар кылаастарга сылдьаллар, инники исписээлинэстэрин талалларыгар араас идэҕэ холоноллор, лидерскай хаачыстыбаларын арыйаллар.

Бу дьоһун эбийиэк олоххо киирбитэ Сахабыт сиригэр Оҕо саас, лааҕыр 10 сыллаах, «Алмаасэргиэнбаан» АУо Аллараа Бэстээхтээҕи филиала 20 сыллаах үбүлүөйдэригэр бэртээхэй бэлэх буолла.

Маннык эбийиэк оҕолорбут кэрэни, үтүөнү таба көрөн улааталларыгар, сайдалларыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох.

Аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир, тупсаҕай оҥоһуулаах амфитеатрбыт уһун сыллар тухары үрдүк ситиһиилэргэ угуттаан лааҕырбыт тупса-чэчирии, үлэлии-хамсыы турарыгар баҕарабыт!

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата